Отзывы

Хотим выразить огромнейшую признательность всему творческому коллективу “Национальному театру танца РС(Я) им. Сергея Афанасьевича Зверева -Кыыл Уола”, Директору Алексееву Александру Ивановичу. Благодаря  слаженным действиям команды концерт прошёл на очень высоком уровне!!!

Спасибо вам большое! Вы большие профессионалы и молодцы!

Естественно, наличие такой отличной команды – всегда результат профессионализма высокого уровня руководителей учреждения!

Хочу выразить огромнейшую благодарность за помощь в организации концерта и за непосредственное содействие тому, что этот концерт состоялся именно в нашем реабилитационном центре.

Низкий вам поклон и огромное СПАСИБО!!!

Ньургун Боотур. Бэртээхэй операны истэн-көрөн олуһун диэн астынныбыт. Күүрээннээх үлэ түмүгэ биллэ көстөр. Үгүс киһи билиэккэ тиксибэккэ хомойдо. Икки күннээх дьоро киэһэни тэрийбиттэрэ буоллар, төһө эрэ  сөҕүү-махтайыы үрдүүр этэ. Ол эрэн Сыгый Кырынаастыырга тириэрдибэтим. Ньургун операны көрбүтүм элбэҕэ бэрдэ дуу, тэҥнии тутан көрдөххө этэбин. Үҥкүүлэр, хор ырыата таһыччы. Сүҥкэн үлэни толорбуккутун илэ-чахчы итэҕэйдибит. Идэтийбит артыыстарга үгүс сылларга холобур буолан кэпсэлгэ сылдьаргыт чуолкай. Оттон биһиэхэ, көрөөччүлэргэ, үрдүк таһымнаах операны туруоран, ыллаан дьиэрэтэн, үҥкүүлээн битийэн, испэктээҕин кыайа-хото оонньоон ааспыккыт бэйэбит үйэбитигэр субу көстөр дьэрэкээн өҥүнэн күлүмүрдээн олохпутун мэлдьи киэргэтэ туруоҕа дии. Ол опера дьоро киэһэтигэр  доҕорбут Евгений Романович хорга бэйэтин ураты куолаһын холбоон, бииргэ ылласпытын киэн туттан астына иһиттибит. Олоҥхо-опера тылынан эттэххэ, УРУЙ ТУСКУО!💐🌿 Пантелеймон Петров кандидат исторических наук,известный,историк,краевед.Якутск

Сегодня под крики “Браво” на сцене в ТОиБ им.Суорун Омоллооно триумфально с аншлагом прошла  героическая опера-олонхо “Ньургун Боотур”на музыку М.Жиркова и Г.Литинского Зрители аплодировали стоя.Возгласы “Молодцы”, “Бис”,”Браво”. Выступления Артистов балета и оркестра театра танца были на Высоте! Поздравляю весь коллектив театра танца ! Молодцы !

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Кыыл уола аатынан үҥкүү национальнай тыйаатырын салалтатыгар испэктээк кэннэ санаалар:

Биһиги, төрөппүттэр бэҕэһээ “Ситим” үҥкүү испэктээгэр сылдьан олус сөбүлээтибит👍🏻 киһи дуоһуйа сынньанар. Ис хоһоонун олоҥхоҕо маарыннатан оҥорбут буолаҥҥыт, 1 чаастан арыый ордук испэктээккэ сүрдээҕин саха култууратын, өйүн-санаатын балайда киллэрбиккит. Маны аҥардас үҥкүүнэн тириэрдии диэн туруорааччы сатабыла буоллаҕа. Үҥкүүһүттэр сатабылларын туһунан киһи этэ да барбат…

Төрөппүттэр оҕолорбутун хайаан да  кылаастарынан эһиги тыйаатыргыт испэктээкиллэригэр сырытыннарарбыт ирдэнэр эбит диэн түмүккэ кэллибит. Тоҕо диэтэххэ:

1. Кэрэҕэ уһуйаары, оҕо төһөнөн кэрэни көрө-билэ үөрэнэр, соччонон айар-тутар дьоҕура сайдар, олоххо үөрүүнү ылынар, кэрэҕэ тардыһар буолар.

2. Хамсаныы, эт-сиин тылын өйдүү үөрэнниннэр

3. Олох туһунан толкуйдатар ньыма быһыытынан

4. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Кыыл уола аатынан национальнай үҥкүү театра баар эбит, маннык үлэлииллэр эбит диэн биллиннэр.

5. Саха толкуйун, өйүн-санаатын үҥкүүнэн иҥэринниннэр

6. Төһөнөн элбэҕи көрөр-билэр оҕо, соччонон сайдыылаах буолар.

Арай испэктээк уратыта диэн кэлии дьон туруорбут, музыкатын оҥорбут буолан хайдах эрэ атын соҕустук киһи ылынар. Ордук классическай спектакль курдук буолбут.

Билигин бэйэбит тылбыт, өйбүт-санаабыт суураллар кэмигэр уратыбытын оҕолорго көрдөрөрбүт, биллэрэрбит ирдэнэр. Онон бука саха композитордардара, туруорааччылара оҥорбут испэктээкиллэрин көрдөрөргүтүгэр көрдөһөбүт. Биһиги оҕолорбутун сахалыы санааларын сайыннараары сырытыннарыахпыт этэ. Ону кытта атын саха оскуолаларын эмиэ кучуйуохпут.

А.Н. уонна Н.К. Чирээйэптэр ааттарынан ДьКНГ Төрөппүт кэмитиэтин салайааччыта Вилюяна Никитина

Неустроева Адриана , ученица 5б  класса.

Мне очень понравился этот  потрясающий спектакль! Старания актёров   превзошли мои ожидания. Я очень была впечатлена,  побывав на таком спектакле!

Спектакль был просто превосходный! Мне понравилось всё. Давайте почаще ходить на такие мероприятия!

Бүгүн кылааһым оҕолорун кытта   СӨ С. А. Зверев- Кыыл Уолун аатын сүгэр Үҥкүү тыйаатырын “Ситим” хореографическай испэктээкилигэр сырыттым. Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна Балет тыйаатырыгар буолбута ордук кэрэхсэбиллээх буолла. Көрөөччү заалыгар эдэр ыччат, оҕо бөҕөтө мустубутун көрөн баран, айдааннарыттан сатаан испэктээкил көрбөтүм буолуо дии санаабытым. Хата сыыспыппын… Испэктээкил хайдах саҕаланыаҕыттан антракка диэри уу-чуумпутук, ылы-чып олорон көрдүбүт: оннук көрөөччү болҕомтотун хара маҥнайгыттан абылыыр дьикти кэрэ тыыннаах муусука, үҥкүүһүт хас хамсаныытынан ис уйулҕатын көрөөччүгэ тириэрдиитэ, араас өҥнөөх  уоту таба туһаныы- барыта, барыта истиҥ, кэрэ… Антракка оҕолортон хайа, хайдаҕый диэн ыйыппыппар наһаа үчүгэээй диэн үөртүлэр, биир д…

Меня зовут Портнягина Тася. Мы всем классом смотрели хореограф. легенду Ситим. Артисты красиво, элегантно, профессионально танцевали. Мне их танцы, движения очень понравились так, что я представляла себя как-будто вместе с ними танцевала. И у меня остались от этого просмотра прекрасные впечатления.

Потапова Милана 5Б

Наһаа үчүгэй, мин сөбүлээтим, олох кинилэр дьыалаларын маастардара.

Все очень красочно ярко,все очень талантливые!Мне понравилось, очень круто выступили 👍

Попова Диана , 5б класс

Федорова Нарыйа, 5б класс

Мне очень понравился балет, то, как они изящно и легко танцуют, делая разные трюки.  Музыка была очень интересной. Благодаря музыке ,я поняла , что происходит на сцене , хочу отметить то, как украсили сцену. Эти декорации меня удивили и вызвали восторг. Они мне очень понравились

Дорогие актёры! Мне очень понравилась ваша изящная игра и актерское мастерство! Продолжайте дальше работать, вы хороши в этом! В этом спектакле  мне понравилось все. Начиная с постановки  , заканчивая сюжетом. Благодарю за постановку!

Гуляева Ванесса , 5б класс

Үтүө күн! Бэҕэһээ ыҥырыынан, Кыыл Уола аатынан үҥкүү театрыгар “Ситим”диэн испэктээкил толоруутун көрдүм, дьэ уонна үҥкүү абылаҥар төбөм оройунан түстүм ээ. Саха оҕолоро талааннара сөхтөрөр. Киһи астыныах хамсаналлар. Үөрдэрэ  диэн, көрөөччүлэрэ үгүстэрэ эдэр ыччат. Өйдүүр буоланнар сотору-сотору ытыс таһыныыта, харда эппиэт. Интэриэһинэйэ диэн, Питер хореографа Ленскэй хайаларын уруһуйдарын сэҥээрээн үҥкүүгэ түһэрбит. Ол курдук Сахабыт Сирэ  араас норуоту тардар кэрэ айылҕалаах.

Екатерина Егорова: Очень впечатлена спектаклем, давно такого не видела, да и возможности не было посмотреть. Нерушимые смыслы основ бытия в интересных пластических решениях, профессиональном техничном исполнении и в обрамлении красивой музыки. Очень гармонично, эстетично,  современно, но с “голосами” мудрости и победой Добра и любви. Вечная связь, вечная борьба, но всегда будет победа добра, пока такие как Вы, талантливые люди искусства, говорят об этом! Большое спасибо артистам, руководству и работникам Национального театра танца, постановщикам, композиторам и всем причастным, за прекрасный спектакль “Ситим”. С Уважением, Екатерина Егорова. 🤗 А еще талантливых творческих и трудолюбивых людей никакие креативные технологие не заменят 😄

Астынан көрдүм, биирдэ да сылдьа иликпин, тыаһа-ууһа, уота-күөһэ, быһыы-таһаа мааны. Наһаа үчүгэй хореографиялаах. Махтанабын Эдэрдэр сэгэлдьийэн хамсаналлара оһуобай

Мин санаатахпына өссө, ити операны академическай музыка үөрэҕэ суох дьон толорбута, оонньообуттара бэйэтэ туспа, кэрэ, иһирэх дьоҥҥо чугас курдук. Биир бэйэм отой дууһам иһинэн ылынным. Биир тыынынан олорон көрдүм, астынным.

Ырыаҕа эмиэ оннук дии сороҕор.

Самодеятельнай артыыс толоруута, академическай туруоруллубут куоластаах артыыс толоруутунааҕар ис дууһалаах буоларын курдук.👋👋👋👍👍👍💐🌹🌷