Пушкин кэпсээннэрэ үҥкүү тылынан

23.03.2024

С. Зверев – Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатыра кулун тутар 7 күнүгэр бэрт сонун туруорууну сүрэхтээтэ. Александр Пушкин 225 сааһыгар анаан “Белкин сэһэннэрэ” хомуурунньугунан биэс тэттик кэрчиктэртэн турар үҥкүү испиэктээгэ Гагарин аатынан Култуура киинигэр бастакытын көһүннэ.

Улуу бэйиэт Александр Пушкин тыйаатыр эйгэтигэр улахан ытыктабылга сылдьар ааптар. Кини айымньыларынан бэрт элбэх испиэктээк турбута, ордук сөбүлээн “Дьоҕус трагедиялары” сыанаҕа таһаараллар. Оттон, “Бокуонньук Иван Петрович Белкин сэһэннэрэ” хомуурунньук сыанаҕа элбэхтэ турбута диир кыах суох. Арай, биэс сэһэнтэн биирдэстэрэ – “Барышня крестьянка” оперетта быһыытынан элбэхтэ турбута.

Онон, үҥкүү тыйаатыра бу хомуурунньугу толору биир туруорууга түмэн туруорбута интириэһинэй эспэримиэн буолла.

Үҥкүүнү “хамсаныы поэзията” диэн бэрт таба хоһуйууну үгүспүт истибит буолуохтаах. Ол эрэн, “Белкин сэһэннэрэ” Пушкин прозаҕа холонуута, хас биирдии кэпсээн дьон олоҕун туһунан ымпыктаах-чымпыктаах сэһэннээһин. Хайдах бу кэпсээннэри үҥкүүнэн көрдөрүөххэ сөбүй? Испиэктээк режиссера Антон Ботаков, туруорааччы хореограф Долана Федотова, муусукатын таҥмыт Алексей Батюшкин, туруорааччы худуоһунньук Екатерина Шапошникова уустук үлэни ыытан Пушкин бу айымньыларын аахпыт киһи ыарырҕаппакка өйдүүр туруоруутун оҥорбуттар. Үҥкүү тылынан сүрүн дьоруой ис мөккүөрүн, дууһа хамсааһынын тыйаатыр ньыматын билэр көрөөччү эрэ буолбакка, “Пушкин каартатын” туһанан саҥардыы тыйаатыр боруогун атыллаабыт оҕо кытта өйдүүрүн курдук оҥоһуллубут.

Кэрчиктэр маннык бэрээдэгинэн турбуттар: Испиэктээк “Ытыы” кэпсээнинэн арыллар, онтон “Силлиэ” кэпсэнэр, үсүһүнэн “Хоруоп оҥорооччу” турар, төрдүс “Крестьянка барышня” кэлэр уонна “Ыстаансыйа көрөөччүтүнэн” түмүктэнэр. Айымньы кэрчиктэрэ биир кэлимсэ, араартыыр быыһа суох ооньоноллор. Ол эрэн, этиллибитин курдук, өйдөнөр бэлиэлээхтэр.

Ол курдук, өлөртөн куттаммат граф (Петр Филатов) Сильвионы (Дьулуур Андреев) кытта дуэль кэмигэр черешня сии турар. Оттон таптаһар аҥарын көрсөн баран олохтон барыан баҕарбатын үҥкүү нөҥүө көрдөрөр.

Силлиэттэн сылтаан уруулара табыллыбатах Марья (Ольга Ботуева) уонна Владимир (Георгий Уваровскай) туһунан кэрчиккэ, силлиэни тэлимниир болотунан көрдөрдүлэр. Бу үгүстүк туттуллар, бэрт судургу ньыма да буоллар, үҥкүү нөҥүө кэпсэнэр туруорууга олус оруннаахтык киирбит. Атын киһи кийиитин кытта мэнньиэстэспит Бурмин (Валерий Прокопьев) кэлэр кэмҥэ майгыта уларыйбытын, биллэн турар, үҥкүү хамсаныыларынан тиэрдиллэр.

Хоруоп оҥорооччу Адриан Прохоров (Петр Филатов) ыалдьыттыы кэлбит остуола чиккэччи тардыллыбыт болотунанан тиэрдиллэр. Оттон илэ ыалдьыттыы кэлбит “килийиэннэрин” бэрт судургутук өлүк мааскатын кэппит артыыстар оонньууллар. Бу көрдөөх эрээри кутталлаах кэрчик хараҥа сыанаҕа оонньонно, хоруоптарын сөбүлээбэтэх бокуонньуктар харахтара уотунан тыгара дьулааннык көстөр.

Крестьянка буолан кубулуммут Лиза (Светлана Чирикова) ким буолара тута таайыллар – былаат баайыммыт кыыс быһаарыыта суох өйдөнөр. Өстүһэр помещиктары Муромскайы (Георгий Уваровскай) уонна Берестовы (Валерий Прокопьев) эмиэ улахан мунаарыыта суох булаҕын.

Төрөппүт кыыһа куоракка куоппут ыстаансыйа көрөөччү Самсон Вырин (Дьулуур Андреев) уобараһа содьороҥ хаамыынан, мэтээллээх таҥаһынан көрдөрүллүбүт, оттон кыыһы илдьэ барбыт Минскэй ротмистр бардам көрүҥүн үҥкүүтүн тэтимэ, туттуута-хаптыыта тиэрдэр.

Оскуолаҕа литература уруогун хрестоматиятыгар аахпыт кэпсээннэрбин тыла суох оонньонор туруорууга көрөр биир өттүттэн дьикти, атын өттүттэн үөрүүлээх буолла. Ускуустуба тиэрдэр ньымалара киэҥэ саҥа өйдөбүллэри үөскэтэр, санаа далын кэҥэтэр. Бу курдук эспэримиэннэри оҕо эрдэхтэн көрөр, туох да саарбаҕа суох, улахан туһалаах буолуо. Саҥа үйэҕэ тас эйгэни кытта алтыһыы ньымалара күннэтэ элбээн иһэллэр. Онон классика буолбут айымньыны атын ньыманан көрдөрүү кэрэҕэ угуйарын таһынан өйү эрчийэр.

Егор Карпов
Саха Сирэ хаһыат.