Дьокуускайга истиҥ, иһирэх сэһэргэһии киэһэтэ буолан ааста
Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатыра муус устар 29 күнүгэр чэрчитинэн тыйаатыр биир киэн туттар киһитэ, биллиилээх үҥкүүһүт, алгысчыт, тойуксут, олоҥхоһут, хомусчут, ырыаһыт, оһуокай уонна сээдьэ таһаарааччы, хоһоон ааҕааччы, кэнсиэр ыытааччы, дэгиттэр талаан, СӨ норуодунай артыыһа, Арассыыйа уонна СӨ үтүөлээх артыыһа Дмитрий Егорович Артемьев көрөөччүнү кытта сэһэргэһии киэһэтэ бэрт истиҥник, ис киирбэхтик, өрө көтөҕүллүүлээхтик биир тыынынан буолан ааста. Бу көрсүһүүнү иилээн-саҕалаан СКИХ биллиилээх суруналыыһа Альбина Тарабукина дириҥ ис хоһоонноохтук, ис киирбэхтик ыытта. Дьоһуннаах да айар киэһэ буолла…
Камернай саалаҕа тобус толору көрөөччү кэлбит. Кинилэр истэригэр Дмитрий Егорович биир идэлээхтэрэ, үҥкүү тыйаатырын бэтэрээннэрэ, аймах билэ дьоно, доҕотторо-атастара, кылааһынньыктара, устудьуон кэмнээҕи доҕотторо, оскуола оҕолоро, үҥкүүнү сэргээччилэр тоҕуоруһа мустан көрдүлэр.
Дмитрий Артемьев үлэтин-хамнаһын сырдатар быыстапканы тыйаатыр литература салаатын сэбиэдиссэйэ Вера Черноградская хаартыскаларынан, афишаларынан, программкаларынан саас сааһынан, сылынан сааһылаан оҥорбута көрөөччү болҕомтотун тарта. Кинилэр кэрэ түгэни мүччү туппакка быыстапка таһыгар хаартыскаҕа дэлби түстүлэр.
Кэнсиэр саха киһи сиэринэн алгыһынан саҕаланна. Дмитрий Егорович өр сыллар устата алгысчытынан биллэр. Кини бэлиэ киэһэтигэр мустубут дьоҥҥо үтүө кэскил тыллардаах алгыс бастыҥын анаата. Ити кэннэ Альбина Афанасьевна тыйаатыр үлэтин-хамнаһын чугастык билэр буолан “Кыл Саха” төрүт дорҕоон артыыстара Анна уонна Афанасий Томскайдар, маастар уонна толорооччу Руслан Габышев Казахстаҥҥа “Кочующий музей” быыстапкаҕа ситиһиилээхтик кыттан кэлбиттэрин эҕэрдэлээтэ, быһа тардан кэпсээтэ.
Дьэ, ити кэнниттэн Дмитрий Егорович оҕо сааһын санаан, улахан дьиэ кэргэҥҥэ алтыс оҕонон күн сирин көрбүтүн, оскуолаҕа хореограф Скрябин тэрийбит бальнай үҥкүү куруһуогар дьарыктаммытын, Түлэй учаастакка бастыкы гостуруолга Москубаҕа сылдьан үҥкүүлээбит курдук санаммытын, улахан кылааска сүүрүүнэн үлүһүйбүтүн сиһилии уонна сэргэхтик билиһиннэрдэ. Хабаровскай куоракка култуура институтугар үөрэммитин, Иркутскай уобаласка армияҕа сулууспалаабытын ирэ-хоро кэпсээтэ. Арай биирдэ Хабаровскайга Саха судаарыстыбаннай үҥкүүтүн бөлөҕө гостуруолга кэлбитин, уус-уран салайааччы Геннадий Баишевы кытта билсибитин, үөрэххин бүтэрдэххинэ анаамбылга үлэҕэ кэлээр диэбитин ыра санаа оҥостон илдьэ сылдьыбытын үллэһиннэ.
Дмитрий Егорович Сергей Зверев-Кыыл Уола саха үҥкүүтэ сайдарыгар киллэрбит сүдү улахан кылаатын үрдүктүк сыаналыыр уонна кини айымньыларын үйэтитиигэ улахан үлэни ыытар. Кыыл Уола айымньыларыгар олоҕуран “Сайын кэлиитэ” диэн клип оҥотторон киэҥ эйгэҕэ таһаарбыта кэрэхсэбиллээх. Айар көрсүһүүтүгэр “Кыл Саха” бөлөҕү кытта биир норуокка киэҥник биллибит “Сассын, сассын сарсыарда” ырыаны ыллаан дуораһытта.
Дмитрий өссө Христофор Максимов ырыаларын эмиэ сөбүлээн истэр уонна толорор. “Мэттэкэ-тэттэкэ Миитэрэй” – бу ырыа мин туспунан дии-дии, бэрт күлүүлээхтик, көрүдьүөстүк үҥкүүлүү-үҥкүүлүү доҕотторун “Кыл Сахалары” кытта ыллаан дьиэрэттэ. Көрөөччү махтала муҥура суоҕун биллэрэн ытыс тыаһынан күндүлээтэ.
2004 сылллаахха тыйаатырга улахан “Айыы аймаҕа” диэн “Бэрт Хара” олоҥхо испэктээк бастакы чааһа турбута. Бу улахан үҥкүүнэн дьүһүйүллэн турбут олоҥхоҕо уус-уран салайааччы Геннадий Семёнович Баишев Дмитрийга Олоҥхоһут оруолун толоруо диэн эрэнэн кинини талбыта. Дмитрий сахалыы бэккэ саҥарар уонна наһаа артистичнай, киниэхэ бу уобарас сөп түбэһэр диэн. Үҥкүүһүт киһи хайыай, саллаат курдук толороругар эрэ тиийбитэ уонна олоҥхо тылын-өһүн бэрт кыра кэмҥэ үөрэппитэ. Ол кэннэ номнуо 20 сыл ааһа охсубут. Бэһэҕээ “Бэрт Хара” олоҥхоттон быһа тардыыны “Кыл Саха” төрүт дорҕоон бөлөх доҕуһуолунан Дмитрий араас уобарастары иэйэн-куойан туран аахта. Өссө бу олоҥхону хамсык кэмигэр Атласовтар уһаайбаларыгар “Айар Кут” ситим бөлөх видеоҕа уһулан, аан дойду устун көстөн, дьон-сэргэ биһирэбилин уонна билиниитин ылбыта.
Дмитрий кэнсиэригэр биир идэлээхтэрэ кыттыстылар, фольклору өрө тутар артыыстар күүс-көмө буоллулар. Олортон биирдэстэрэ импровизатор-хомусчут уонна ырыаһыт Василена Шарина-Унал. Кинилэр иккиэн чабырҕахтыыллар. 2018 сыллаахха Москубаҕа “Рождество в Европе” бэстибээлгэ аан бастаан чабырҕахтаабыттара. Онтон ыла чабырҕах кинилэр репертуардарыгар тирэхтээхтик киирдэ, куруутун ситиһиилээхтик, ытыс тыаһыгар уйдаран толороллор.
Дмитрий Егорович 2012 сылтан Саха сирин саллааттар ийэлэрин кэмитиэтин кытары ыкса үлэлэһэр. Чита-Чечня, Владикавказ-Владивосток, Бикин-Улан-Удэ, Уссурийск-Хабаровск, Благовещенск-Тында куораттарга баар байыаннай чаастарга сулууспалыы сылдьар саха саллааттарын көрсөн-билсэн, сүбэ-ама буолан, санааларын өрө көтөҕөн, кэнсиэр көрдөрөн, оһуокайдатан, успуорт күрэҕин тэрийэн, дойдуларыттан кэһии-баһыылка тиэрдэн үлэлэрэ үтүмэн элбэх. Мария Егоровна Емельянова бу Комитет бэрэссээдэлэ бииргэ үлэлэһэр дьонун кытары Дмитрий Егорович бу айаннарга сүрдээх эппиэтинэстээхтик уонна айымньылаахтык сыһыаннаһарын бэлиэтээтэ, махталын, тапталын биллэрдэ, бэлэҕин туттарда.
Тыйаатыр биир эрэлэ, кэрэ куолаһа ырыаһыт Александр Карманов биир идэлээҕин Дмитрий Егоровиһы айар киэһэтинэн эҕэрдэлээн “Мин мантан сэриигэ барбытым” уонна “Сайылыгым Хотуна” ырыалары бэлэх уунна.
Дмитрий Егорович аҕата Улуу сэрии кыттыылааҕа Егор Никифорович Артемьевка уонна бары уот сэриигэ кыттыбыт, дойдуларын көмүскээбит саллааттарга сырдык кэриэстэригэр анаан “Журавли” үҥкүүнү толорбута быданнаата. Хас ити үҥкүүнү толордоҕун ахсын көрөөччүлэр ыраах, ыарахан, аччык-сут кэмҥэ төннөллөр, сэрии ыарахан, өлүү-сүтүү, хоргуйуу, курутуйуу бириэмэтин санаан, уйадыйан ылаллар.
Олох түргэнник да элэгэлдьийэн ааһан иһэр. 1994 сыллаахха Дмитрий Егорович бастакы айар киэһэтэ Нуучча тыйаатырыгар толору сааланы муспута. Ол кэнсиэркэ уус-уран салайааччыбыт Геннадий Баишев СССР норуодунай артыыһа Махмуд Эсамбаев репертуарыттан хас да омук үҥкүүлэрин туруорбута. Онтон биирдэстэрэ испанскай “Торреро” үҥкүү. 60 саастаах уол оҕото ол үҥкүүтүн көрөөччүлэр дохсун ытыстарын тыаһыгар доҕуһуоланан өрө көтөҕүллэн толордо. Кини бу 84к88т8н Геннадий Семеновичка анаата.
Сэһэргэһии киэһэтэ буолан Дмитрий Егорович көрөөччүлэр боппуруостарыгар эппиэттээтэ. Дьон-сэргэ кэнсиэртэн дуоһуйда. Махтанан туран сибэкки дьүөрбэтин, бэлэхтэри ууннулар.
Кэнсиэр түмүгэр көрөөччүлэр илии-илиирэтиттэн тутуһан саха омук өрө тутар оһуокайын Дмитрий Егорович кэнниттэн бары тэҥҥэ оһуокайдаан ойдулар, эһиэкэйдээн тэйдилэр.
Үс чаастаах уһуннаах сэһэргэһии киэһэтэ уопсай хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ. Түгэнинэн туһанан айар киэһэни истиҥник ыыппыт тыйаатырбыт үлэтин куруук өрө тутар суруналыыспытыгар Альбина Афанасьевна Тарабукинаҕа сиртэн халлааҥҥа дылы улахан махталбытын биллэрэбит. Баҕарыаҕын сэһэргэһии киэһэ дьоруойугар, тыйаатыр аксакалыгар Дмитрий Егорович Артемьев артыыска чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, айар үлэтигэр ситиһиилэри, тус олоҕор дьолу-саргыны!
Вера Черноградская