Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатыра 45-с театральнай сезонугар анаммыт улахан кэнсиэр толору сааланы муста
Алтынньы ый бүтэһик күнүгэр Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатыра Пушкин аатынан Нуучча тыйаатырыгар тобус толору мустубут саалаҕа 45-с театральнай сезоныгар анаммыт улахан кэнсиэрэ өрө көтөҕүллэн, үөрүүлээх быһыыга-майгыга ааста. 45 сыл эттэххэ эрэ дөбөн. Бу сыллар тухары Судаарыстыбыннай Үҥкүү бөлөҕүттэн саҕалаан Саха сирин биир биллэр, бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх, баай устуоруйалаах, элбэх айымньылардаах, испэктээктэрдээх, халыҥ репертуардаах, дьоһун ускуустуба уонна култуура артыыстардаах, үлэһиттэрдээх, киэн сиринэн саха үҥкүүтүн, тойугун, муусукатын далаһыйа тарҕаппыт тыйаатыр буолар. Нуучча тыйаатырын икки саалатыгар улахан быыстапка тэнийбит. Хаҥас өттүгэр тыйаатыр бутафориятыттан, көстүүмнэриттэн, муусука үнүстүрүмүөннэриттэн турар инсталляцияны тыйаатыр сүрүн худуоһунньуга Екатерина Шапошникова уонна туруорар салаа сэбиэдиссэйэ Лена Аркадьева хомуйан, танаан туруорбуттар. Уҥа өттүгэр Национальнай библиотека үлэһиттэрэ Розалия Заровняева, Екатерина Попова, Юлия Лазарева уонна тыйаатыр архыыбыттан литература салаа сэбиэдиссэйэ Вера Черноградская улахан тыйаатыр айар үлэтин сырдатар историческай быыстапкалара дьон-сэргэ болҕомтотун тарта.
Улахан кэнсиэри иилээн-саҕалаан бу кэлэктиип 80-с сылларга үлэлээбит бастакы биллэрээччитэ Сардаана Федорова ыытта.
Быйылгы театральнай сыл сүрдээх элбэх бэлиэ даталартан турар. Онтон саамай улаханнара – эһиил сүдү киһибит Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уола төрөөбүтэ 125 сыла буолар. Бу улахан өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрээһиҥҥэ Үҥкүү тыйаатыра бэлэмнэммитэ ыраатта. Бу кэнсиэр кини “Алгыс” композициятынан аһылынна уонна көлүөнэ утумнааһынын сиэринэн Геннадий Баишев эрчимнээх “Битии” үҥкүүтүнэн түмүктэннэ. Алгысчыт норуодунай артыыс Дмитрий Артемьев ыйан-кэрдэн, суолу турумнаан сүрдээх дьоһун көстүү таҕыста.
Кыыл Уола биир саамай улахан кэрэхсэбиллээх айымньыта “Оһуор үҥкүүтэ”. Бу баай ис хоһоонноох үҥкүү Саха сирин улахан кылаата, киэн туттуута, үҥкүү көмүс пуондатын шедевра, кини үйэлэртэн үйэлэргэ эдэр көлүөнэҕэ бэриллэ туруо диэн бүк эрэнэбит. Үҥкүүһүттэр барахсаттар үҥкүү ис хоһоонун, хас биирдии хамсаныыларын дууһаларын ууран туран көрдөрдүлэр.
Быйыл ахсынньы 24 күнүгэр саха бастакы балерината Аксения Васильевна Посельская төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтиибит. Үҥкүү тыйаатырыгар кини үөрэнээччилэрэ уус-уран салайааччы Светлана Бессонова, туруорааччы салаа сэбиэдиссэйэ Лена Аркадьева, балетмейстер Юрий Федоров өр сыллар устата ситиһиилээхтик айа-тута сылдьаллар. Аксения Васильевна үбүлүөйүгэр анаан кини бэйэтэ туруорбут “Лаглайбаана” үҥкүүтүн сөргүтэн анаатыбыт. Сүрүн балетмейстер Долаана Федотова, хореограф Юрий Фёдоров биллиилээх кыраай үөрэтээччи уонна хореограф Мария Захаровна Сивцева кинигэтин олоҕураннар уонна сүрүн дирижер Николай Петров муусукатын оркестровкалаан Аксения Васильевна сырдык аатыгар бэртээхэй бэлэх буолла.
Норуот тапталын, билиниитин, биһирэбилин ылбыт мелодист Валерий Ноев быйыл төрөөбүтэ 85 сылыгар анаан саха аркыастыра доҕуһуолунан виртуоз-баянист Владимир Боярскай Кыыс Амма айымньыны бэрт иэйиилээхтик толордо. Көрөөччүлэр муҥура суох махтанан ытыстара кытарыар дылы таһыннылар.
Тыйаатыр биир биллиилээх үҥкүүһүтэ Афанасий Соловьев “Хотугу көстүүлэр” үҥкүүтүн тыйаатырыгар бэлэх уунан хаалларбыта. Бу үҥкүү дьоллоох дьылҕалаах. Саха сирин эрэ көрөөччүлэрин буолбакка Арассыыйа уонна Аан дойду олохтоохторун сөхтөрөөччү, үөрдээччи, муҥура суох махталларын ылааччы. Бу үҥкүүнү хас да көлүөнэ артыыстар толорбуттара. Билигиҥҥи солистар Светлана Чирикова уонна Семен Дьяконов эмиэ бэрт чаҕылхайдык, көрүдьүөстээхтик, элбэхтик артыыстаан, туттан-хаптан толордулар.
45-с театральнай сезон бэлиэ сылынан кэлэктииби култуура миниистэрэ Афанасий Иванович Ноев эҕэрдэлээтэ. Кини үрдүк сценаттан кэлэктиипкэ айар үлэтигэр үрдүк ситиһиилэри, саҥа саҕахтары баҕарда.
Бастакы уус-уран салайааччыбыт Геннадий Баишев Үҥкүү тыйаатырыгар баай нэһилиэстибэ – 15 ааптар испэктээктэри, 200 үҥкүүлэри туруорбута. Бу дьоро киэһэҕэ Геннадий Семенович хореограф Дора Филипповалыын айбыт “Ыйдалаах түүн” үҥкүүтүн дьон-сэргэ наһаа биһирээтэ, чугастык ылынна.
Билигин Үҥкүү тыйаатырыгар эдэр үҥкүүһүттэр элбэх айар киэһэлэрин тэрийэн ыыталлар. Олортон биирдэстэрэ Эдуард Жирков. Кини аныгы хайысхалаах “Притяжения” уонна уолаттарга анаан туруорбут “Тургутуу” үҥкүүлэрэ саҥатык, сэргэхтик көһүннүлэр.
Уус-уран салайааччы Светлана Бессонова “Дэйбиирдээх үҥкүү” нүөмэрин эдэркээн Сарика Шин “Кыл Саха” төрүт дорҕоон доҕуһуолунан бэрт чэпчэкитик, истиҥник үҥкүүлээтэ. Ону тэҥэ Герман уонна Клавдия Хатылаевтар муусукатыгар “Дьөһөгөй эйгэтэ” бөлөҕүнэн толоруллар нүөмэр көрөөччүлэри ыраах киэҥ нэлэмэн хонуу устун үөр сылгылар сүүрэ сылдьалларын санатта.
“Кыл Саха” бөлөх аар саарга аатырыан аатырда, суон сурахтанна. Салайааччы Анна Томская үгүс элбэх сыратын, күүһүн-уоҕун, билиитин-уопутун ууран туран дьаныардаахтык уонна ситимнээхтик үлэлиир. Муусукаанар Афанасий Томскай, Максим Бордонскай, Анюта Иванова, Зоя Васильева, Вера Григорьева, Афанасий Томскай “Кыл Саха” бөлөх 10 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтииргэ бэлэмнэнэ сылдьаллар. Кинилэр сөбүлээн толорор “Саха матыыптара” айымньыны көрөөччүлэр иһийэн иһиттилэр, махталлара улаханын дохсун ытыс тыаһынан бэлиэтээтилэр.
Сэтинньи 14 күнүгэр тыйаатыр ырыаһыт Александр Карманов төрдүс “Дьиэрэй ырыам” сольнай кэнсиэрин тэрийэн ыытар. Кини билигин айар үлэ үөһүгэр сылдьар. Бу кэнсиэркэ бэйэтин сөбүлээн толоро ырыаларын уонна Ыччаппар тойугу сүрдээхтик арыллан толордо.
Алтынньы ый ортотугар солистка Саина Винокурова Чечня Өрөспүүбүкэтигэр, Грознай куоракка, Махмуд Эсамбаев аатынан XV-с Норуоттар икки ардыларынааҕы күрэххэ ситиһиилээхтик кыттыбыта. 45-с театральнай сезон кэнсиэригэр Саина Изабелла Егорова-Мынай туруоруутугар “Айыы Умсуур Удаҕан” үҥкүүнү бэрт эрчимнээхтик, тэтимнээхтик, саҥа көстүүлээхтик толордо.
Импровизатор-хомусчут Василена Шарина-Улан дьүрүскээннээх хомуһун дорҕооно көрөөччүлэргэ сайыны санатта. Кини хомуһун көрөөччүлэр махтанан итиитик-сылаастык ылыннылар.
Улахан кэнсиэр Геннадий Баишев туруорбут аатырбыт “Оһуокай” композициятынан түмүктэннэ.
Күндү Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырын кэлэктиибин, артыыстарын, үлэһиттэрин 45-с театральнай сезон аһыллыбытынан барыгытын эҕэрдэлиибин! Баҕарабын айар үлэҕитигэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, саҥа бырайыактары, саҥа испэктээктэри, элбэх ыраах чугас сиринэн гостуруоллары, тус олоххутугар чөл туругу, дьолу-саргыны!
Вера Черноградская