Ырыа куттаах Александр Карманов туһунан…

05.11.2024

Үтүө күнүнэн, күндү Саха сирин дьоно-сэргэтэ! Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатыра сэтинньи 14 күнүгэр киэһэ 18:30 чаастан дэгиттэр талааннаах, мааны куоластаах эдэр ырыаһыт Александр Карманов «Дьиэрэй ырыам» сольнай кэнсиэригэр ыҥырар. Урукку, хойукку саха норуотун тапталлаах ырыаларын саха аркыастыр доҕуһуолунан бэлэх уунуоҕа. Айар аартыгын аргыстара Үҥкүү тыйаатырын үҥкүүһүттэрэ кэнсиэри кэрэ хамсаныынан киэргэтиэхтэрэ. Бу күннэргэ Александр айар үлэ үөһүгэр сылдьар – дьарыктаныы, эрчиллии, бэлэмнэнии, сүүрүү-көтүү, долгуйуу. Бу былдьаһыктаах кэмҥэ быыс булан Александр Андреевичтан интервью ыллым, онтубун көрөөччүлэрбэр эһиэхэ аныыбын.

  1. Александр, оҕо сааһын туһунан билиһиннэр, төрөппүттэрин кимнээхтэрий? Үтүө киһи икки дойдулаах, эн Амма уонна Алдан өрүстэр тардыыларынан улааппыккын билэбит.

“Үтүө буолуохтун!  Мин толору аатым Карманов Александр Андреевич диэн. Алдан улууһун Кутана бөһүөлэгиттэн төрүттээхпин. Сэттис кылааска үөрэнэ сылдьан аҕам дойдутугар Аммаҕа көһөн кэлбитим уонна Амма Сатаҕайыгар оскуолабын бүтэрбитим. Аҕам Карманов Андрей Иванович, ийэм Маркова Анастасия Владимировна”.

  • Оҕо сылдьан ыллыыр этин дуо?

“Оҕо сылдьан ыллыырбын өҋдөөбөппүн. Арай кылааһым оҕолорун кытта бары бииргэ ыллыыр этибит”.

  • Хас сааскыттан ыллыыр буолбуккунуй? Ким ыллыыргын өйүүр этэй?

«Мин ыллыырбын аан маҥнай Исидор Адамович уонна Сардаана Ильинична Варфоломеевтар истибиттэрэ. Мин кинилэргэ “Айыллык” диэн олохтоох култуура дьиэтигэр тиийэн ыллыахпын баҕарабын диэн турардаахпын. Дэлби долгуйан, кытаран, тиритэн тииһим быыһынан иһим түгэҕэр эппиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалбыта. Ол инньинэ олох да ырыанан дьарыктамматах буоллаҕым дии уонна тоҕо итинник диэн тылламмыппын билигин да сөҕөбүн. Наһаа да хорсун эбиппин. Ырыаһыт буолар дьылҕам эттэрбитэ дуу…”.

  • Оскуолаҕа уус-уран самодеятельность ырыа күрэхтэригэр кыттааччыгын  дуо?

“Оскуолаҕа букатын даҕаны үҥкүүһүт бэрдэ этим ээ! Дойдубар Кутанаҕа Анна Федоровна Соловьева салайааччылаах “Биракан”, Сатаҕайга Елена Алексеевна Тритонова “Саһарҕа” бөлөхтөрүгэр үҥкүүлүүр этим. Бэйэм санаабар отой бастыҥнар истэригэр баарым. Ырыа кута отой да суоҕа”.

  • Марк Жирков аатынан Муусука кэллиэһигэр үөрэммит сылларын туһунан сырдат эрэ. Уһуйааччыларын кимнээхтэрий?

“2019 с. Марк Жирков аатынан Муусука кэллиэһигэр Гаврил Гаврильевич Колесов төрүттээбит төрүт култуура салаатын бүтэрбитим. Уһуҋааччыларым СӨ култууратын туҋгуна Элеонора Кулагиновна Соколова, Аан дойдутааҕы култуура маастара, Аан дойдутааҕы виртуоз хомусчута, СӨ үтүөлээх артыыската, СӨ култууратын туйгуна Варвара Степанова-Арчыына, СӨ үтүөлээх артыыската Маргарита Ивановна Николаева, СӨ үтүөлээх артыыската, СӨ култууратын туҋгуна “Кыл Саха” бөлөх салайааччыта Анна Ивановна Томская уонна СӨ култууратын туҋгуна Вераника Васильевна Лыткина. Кинилэри кытта алтыһан, кинилэртэн такыйыллан, элбэххэ үөрэнэн, элбэҕи билэн, туох баар фольклор жанрын ылсыһан, кинилэргэ махталым муҥура суох. Устудьуоннаабыт кэмнэрим күндүлэриэн!”.

  • Устудьуоннуу сылдьан ханнык күрэхтэргэ кыттыбыккыный?

“Устудьуоннуу сылдьан куораттааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи араас таһымнаах күрэстэргэ кыттарым – тойук, норуот ырыата, дэгэрэҥ, дьиэрэтии,  оһуокай. Бу кыттыбытым миэхэҕэ наһаа улахан уопут буолбута, билиим-көрүүм кэҥээбитэ, атын толорооччулары кытта билсибитим, элбэххэ үөрэммитим, уһаарыллыбытым”.

  • Үҥкүү тыйаатырыгар ырыаһытынан үлэҕэ киирбитин номнуо 5 сыл буола охсубут. Быйылгы саҥа сольнай кэнсиэргин айар үлэн 5 сылыгар аныыгын?

“Кырдьык, бу сольнай кэнсиэрим 5 сыллаах үлэм түмүгэ буолар. Хайдах курдук тойуктан норуот ырыатыттан, оһуокайтан саҕалаан аркыастыр доҕуһуолунан  кытта ыллыыр буолбутум көстүө.  Бу иннинэ 2021 с. икки айар киэһэлэрим буолан ааспыттара, бу манна Эстрада тыйаатырын Камернай саалатыгар. Ааспыт сайын “Туймаада” туонатыгар ыһыахха саха аркыастыр доҕуһуолунан ыллаан ааспытым. Онон бу төрдүс кэнсиэрим буолар. Ол гынан баран дьэ улахан сценаҕа аан бастаан ыллыыбын”.

  • Эйигин ырыаһыт эрэ быһыытынан буолбакка биһиги эйигин өссө төрүт култуура хас да жанрын баһылаабыккын билэбит. Ити барыта эйиэхэ чугас дуо?

“Саха төрүт култууратын жанра миэхэ быдан чугас, тоҕо диэтэргин мин оннук эйгэҕэ иитилиннэҕим, уһарылыннаҕым дии. Чабырҕахтыырбын, хомустуурбун, оһуокай таһаарарбын барытын сөбүлүүбүн”.

  • Александр, Эн бытаан ырыалары сөбүлээн толороҕун дуу эбэтэр түргэн, эрчимнээх, төлөннөөх ырыалары эмиэ?

“Мин бэйэбин араас тэтимнээх ис хоһоонноох ырыалары толорор артыыс дэнэбин”.

 Ханнык ааптардар ырыаларын биһирээн толороҕун?

    “Урукку кэм ааптардарын ырыаларын ордорон ыллыыбын, чопчу бу киһи ырыаларын диэн буолбатах. Ааттаталаан олордоххо уһуубун, саха айар куттаах киһитинэн баай”.

     Быйылгы кэнсиэргэр аркыастыр доҕуһуолунан улахан сценаҕа толороҕун. Репертуаргын таларгар ким көмөлөстө, сүбэ-ама буолла?

      “Репертуарбын эрдэттэн бэйэм талбытым, ол гынан баран биллэн туран дирижербун кытта син биир сүбэлэспитим, мин тутаах киһим дирижер Анюта Николаевна Иванова буолар. Кинилиин чугастык үлэлэһэбин. Кини көмөтө,сүбэтэ-амата  наһаа туһалаах уонна оруннаах”.

      Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕын? Хоббин тугуй?

        “Иллэҥ кэм түбэстэ да соҕотохсуйууну көрдүүбүн. Күүс-уох ылынан, санаа сааһыланан баран салҕыы кэллиэгэлэрбин кытта үлэлэһэбин. Саамай сүрүн дьарыгым диэн бэйэм сөбүлээн сүүрүүнэн дьарыгырабын”.

        Биир эмэ кистэлэҥ баҕа санааҕын  этиэҥ, үллэстиэҥ дуо?

          “Кистэлэҥ да санаа буолбатар, тыйаатыр аркыастырын кытары айар үлэбин салҕыахпын баҕарабын. Саха дьоно саха матыыптарын, ырыаларын куруут истиэхтэрин наада. Төрүт тылым ийэм үүтүн кытта иммит, ол курдук сахалыы матыып истэр буолуохпуттан кулгаахпынан кутуллар”.

          Айар үлэҕэр ханнык түгэннэри күндүтүк саныыгын?

            2017 с. “Үрүҥ күн оҕолоро” этнобалет турбута. Бу улахан айымньыга мин аркыастыр артыыстарын кытары маассабай сценаҕа кыттыбытым. Уонна эр дьон вокальнай партияларын Одессаттан кэлбит хормейстер Светлана Николаевна Смирновалыын дьарыктанан үөрэппиппит. Наһаа улахан, дьарык буолбута. Премьерата эмиэ бэрт чаҕылхайдык буолан ааспыта. Ол кэннэ ити этнобалекка куруутун кыттабын, Москубаҕа, Санкт-Петербурга, Новосибирскайга ситиһиилээхтик көрдөрбүппүт. Ону таһынан саха аркыастырын кытары Красноярскайга улахан норуодунай аркыастырдар бэстибээлигэр, Бурятияҕа Улан-Удэҕэ аркыастыр 30 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн улахан гостуруолга сылдьыбыппын наар сылаастык саныыбын.

            Александр, эйиэхэ интервью боппуруостарыгар эппиэттэрин иһин улахан махтал. Баҕарабын бары баҕа санааларын туола туралларыгар, айар үлэҕэр саҥаттан саҥа саҕахтары, ситиһиилэри, тус олоххор чөл туругу, дьолу-саргыны! Сольнай кэнсиэрин толору сааланы мустун, көрөөччүлэр үөрэн-көтөн, астынан-махтанан тарҕастыннар!

              Ырыаһыт Александр Кармановы кытта тыйаатыр литэрэтиирэ салаатын сэбиэдиссэйэ Вера Черноградская кэпсэттэ.