Хомус куттаах Василена Шарина-Улан

08.11.2024

Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатыра сэтинньи 15 күнүгэр киэһэ 17:00 хомусчут-виртуоз, ырыаһыт, норуоттар икки ардыларынааҕы уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэр кыайыылааҕа Василена Шарина-Улан Хомус күнүгэр анаан маастар-кылаастаах кэнсиэркэ ыҥырар. Василена Үҥкүү тыйаатырыгар 2012 с. таһаарыылаахтык үлэлиир. Дэгиттэр талааннаах – кини ырыаһыт, импровизатор-хомусчут, оһуокайы уонна сээдьэни таһаарар. Ону тэҥэ тыйаатыр испэктээктэригэр кыттар. Василена бэйэтин айар үлэтигэр ирдэбиллээх, бу сыллар тухары хас да айар киэһэлэри көрөөччүлэригэр бэлэхтээтэ. Элбэх бырайыактарга кытынна, баһаамнык гостуруоллаата. Төһө да бириэмэ кырыымчык буоллар, бүгүн мин Василенаны кытта айар үлэтин туһунан сэһэргэстим.

Үтүө күн Василена! Эйигин кэлэн иһэр Хомус күнүнэн эҕэрдэлиибин! Үлэҕэр уонна тус олоххор дьоллоох буол!

Бэйэҕин кытта билиһиннэр, хантан хааннаах, кимтэн кииннээх буолаҕын?

 “Мин Орто Халыматтан төрүттээхпин, Сыбаатай диэн нэһилиэктэн. Алын сүһүөх кылаастарга Сыбаатайга үөрэммитим. Онтон алтыс кылааска Орто Халымаҕа, ол кэннэ сэттис кылааска ийэм дойдутугар Мэҥэ-Хаҥалас Нуораҕатыгар үөрэммитим. Онтон орто оскуоланы Орто Халымаҕа ситиһиилээхтик бүтэрбитим. Хас да оскуолаҕа үөрэммит буоламмын кылааһынньыктарым элбэхтэр”. 

Хас сааскыттан хомуска оонньуурга үөрэмиккиний?

«Дьиҥ иһигэр киирдэххэ Орто Халымаҕа мин оҕо эрдэхпинэ саха фольклорун көрүҥнэрэ отой сайдыбатах кэмнэрэ этэ. Ол эрэн кытаанах баҕайы, былыргы  хомуһунан оонньуу үөрэтэ сатаабыттарын өйдүүбүн. Онтум сатамматаҕа. 2004 с. “Полярная звезда” күрэххэ кэлэ сылдьаммын хомуска оонньуулар эбит диэн көрөммүн наһаа ымсыырбытым. Хомус диэн үнүстүрүмүөн баар эбит диэн дьэ билбитим. Ийэм Марфа Николаевна ону көрөн Мандар Уус оҥорбут хомуһун бэлэхтээбитэ. Ити кэннэ мин дьэ хомуска дорҕооннору таһааран барбытым”.

Хомуска бастакы уһуйааччын кимий?

«Муусука кэллиэһин уһуйааччылара, хомусчут идэтигэр такайбыт, хомус иһин-таһын бука бары өттүттэн билэр Варвара Александровна Степанова-Арчыына уонна Вероника Васильевна Лыткина”.

Оҕо сылдан хомус күрэхтэригэр кыттааччы этиҥ дуо?

“Оҕо сылдьан кыттыбатаҕым. Ол гынан баран Орто Халыматтан Дьокуускайга кэллибит да, ийэм хомус маастар-кылаастарыгар наар сырытыннарара. Мин хомуһуһунан үлүһүйэрбин билэр буолан наар баҕа санаабын толороро сатыыра. Билигин бу хомус мин чугас доҕорум. Олоҕум аргыһа буолла”. 

Марк Жирков аатынан Муусука кэллиэһигэр фольклор салаатыгар уһуйааччыларын кимнээх этилэр? Хомуһу уонна ырыаны иккиэннэрин идэ оҥостон талбытыҥ дуо?

«Кэллиэскэ үөрэнэ сылдьан ис иһигэр эттэххэ мин дьиҥэр артыыс буолуохпун баҕарар этим. Өссө мин драматическай актриса буолуохпун баҕарар этим да, хомойуох иһин ол сыл Щепкинскэй училищеҕа набор суох этэ. Ол да буоллар артыыс буолар баҕам уостубатаҕа. Син биир артыыс буолуом диэн эрэллээх этим. Дьиҥэр, хомуһунан тахсыам, киэн эйгэҕэ билинии ылыам дии санаабатаҕым. Бэйэтэ хайдах эрэ сыыйа-баайа хомуска оонньуурум тардан барбыта. Уопсайынан эттэххэ, Марк Жирков аатынан Муусука кэллиэһигэр фольклор туох баар жанрыгар барытыгар ылсыһан үөрэннэҕим дии”.

Сыл-хонук. Үҥкүү тыйаатырыгар хомусчутунан уонна ырыаһытынан үлэҕэ киирбитин номнуо уонтан тахса сыл буолбут. Санаан ааһыах эрэ бастакы үлэлээбит сылларгын? Хас да буолан фольклор салаатын бүтэрэн кэлбиккит дии…

“Үҥкүү тыйаатырыгар үлэлээбитим быйыл 12 сыла, бу 13 театральнай дьылым. Бары төрдүс кууруска үөрэнэр Артур Семенов, Айсен Аммосов, Игорь Игнатьев буоламмыт бары сиээттиспитэн кэлбиппит. Ол курдук “Айар Кут” диэн фольклор бөлөҕүн уус-уран салайааччыбыт Светлана Прокопьевна Бессонова тэрийэн бары айар үлэҕэ оройбутунан түспүппүт. Ол кэннэ номнуо 12 сыл ааһа оҕуста. Ити бииргэ кэлбит уолаттарым бары туспа суолланан-иистэнэн атын кэлэктииптэргэ үлэлии сылдьаллар. Бэйэм чороҥ соҕотох эрэ хааллым. Тыйаатырга кэлэн баран тыйаатыры күүһүн дьэ үчүгэйдик билбитим. Үҥкүүһүттэрдээхпит. Кинилэри кытары хас да испэктээктэргэ кыттабын, үҥкүүлүүбүн. Кыра эрдэхпиттэн ийэм куруук мэлдьи этэрэ: “Артыыс киһи барыны барытын сатыахтаах диэн. Сатаабаппын, кыайбаппын диэн отой толлубакка иннин диэки баран иһиэхтээххин, туох да сатаммат диэн тылы туттубакка. Ытаа диэтэхтэринэ ытаан, үөр диэтэхтэринэ үөрэн. Ол иһин мин барытын куттамакка, толлубакка, ылсан уонна оҥорон иһэбин, ийэм эппит тылларын наар эппэр-хааммар иҥэринэн илдьэ сылдьабын”.

Бастакы айар киэһэн “Алгыстаах айаным аартыга” 2013 с. буолбута.  Наһаа сэргэхтик ааспыта.  

“Уопсайынан, тыйаатырга, кэлэктиипкэ үлэлиир наһаа үчүгэй. “Алгыстаах айаным аартыга”айар киэһэтэ биир тыынынан ааспыта. Оччолорго мин долгуйуу бөҕөтө буоллаҕым. Ийэм Марфа Николаевна иистэнэр үөрүйэх буолан сценическай көстүүм  арааһын тикпитэ, миигин кини куруутун маанылыыр, киэргэтэр-симиир. Биһиги “Айар Кут» бөлөхпүтүнэн икки төгүл “Звездный Хомус” бырайыагы көрдөрбүппүт. Отой толору саала көрөөччүлээх этэ. Мин ити бырайыакка араас хабааннаах саҥа нүөмэрдэри толорбутум.12 сыл устата репертуарбын бэйэм баҕабынан уонна кыахпынан талабын, афишабын эмиэ бэйэм көрүүбүнэн оҥотторобун. Хас саҥа тэрээһин буолла да  саҥаттан саҥа көстүүмнэри кэтэбин. Бэйэм личнай блогтаах буоламмын, ону сайыннараммын, элбэх устуоруйаны кэпсээммин, элбэх дьон  онно киирэннэр, билигин мин подписчиктарым уонна көрөөччүлэрим элбээтэр элбээн иһэллэр”.

Иккис айар киэһэн Саха тыйаатыр Олоҥхо саалатыгар буолбута.  «Дууһабар уйдаран, мичээрбэр кыттыһын” диэн бэртээхэй ааттааҕа.

“Саха тыйаатырыгар эмиэ бэрт ис киирбэх кэнсиэр буолан ааспыта. Тыйаатыр үҥкүүһүттэрэ, аркыастыр артыыстара  – айар аартыгым аргыстара бары күүс-көмө буолбуттара”.

  Василена, эн «Дьол» бөлөх солистката этиҥ. Эйиэхэ урукку уонна аныгы ааптардар ырыалара барыта биир кэм чугас дуо?

«Мин урукку да аныгы да хойукку да ырыалары барыларын сөбүлээн толоробун. Араарбаппын”.

Василена, наһаа имигэскин, кыахтааххын, кыанаҕын. Эн тыйаатырга турбут “Уруу” уонна “Үрүҥ Күн Оҕолоро” испэктээктэргэ сүрүн оруоллары толороҕун? Өссө “На краю Ойкумены” испэктээккэ эмиэ Индигир өрүс кытылыгар олорор Русскай Устье олохтоохторун толорбутун. Эн ити оруоллары сөбүлээн толороҕун? Ыарырҕаппаккын дуо?

“Онтон режиссердар таба көрөн талбыттарыттан үөрэбин. Бу хас биирдии киһиэхэ итинник оруолу холонон көрүү уонна толоруу дьол буоллаҕа дии. Уруу испэктээги тыйаатыр бастакы уус-уран салайааччыта Геннадий Семенович Баишев туруорбута. Мин онно Кийиит кыыс оруолун толоробун. Онтон “Үрүҥ Күн Оҕолоро” этнобалекка Удаҕан оруолун. Георгий Анатольевич Ковтун курдук Аан дойдуга биллэр хореограф сүдү үлэтигэр биир сүрүн оруолга тиксибиппиттэн киэн туттабын. Бу икки оруоллар миэхэҕэ күндүлэр уонна миэхэҕэ барсаллар”.

Василена, эн хомуска элбэх үөрэнээччилэрдээххин. Билиҥҥи оҕолор хомуһу хайдах ылыналларый?

“Билигин кыра оҕолортон эбээлэргэ-эһээлэргэ дылы хомуһу тардарга үөрэниэхтэрин баҕарар дьоннор элбэхтэр. Ол эрэн мин биирдиилээн үөрэтэрбин сөбүлүүбүн уонна  тиһэҕэр дылы тириэрдэрбин сөбүлүүбүн. Ол курдук билиҥҥи оҕолор наһаа сымсалар, наһаа түргэннэр. Ол эрэн бу хомус артикуляционнай үлэттэн турар буоллаҕа дии. Оҕолор саҥараллара аҕыйаабыт диэн бэлиэтии көрөбүн. Мин баҕа санаам диэн бу хомуска оонньооһун артикуляционнай эрчиллии курдук бастакы кылаастан оскуола бырагыраамматыгар киирэрэ буоллар аһара туһалаах буолуо этэ”.

Үөрэнээччилэрин хомус күрэҕэр куруук кытталлар?

“Куруук кытталлар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи араас таһымнаах күрэхтэргэ – кылааһынан бүттүү эбэтэр соҕотохтуу эмиэ”.

Бэйэн тыйаатыр иһинэн сылын ахсын ыытыллар Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах хомус күрэҕэр жюри састаабар бааргын. Дьүүллүүр ыарахан дуо?

“Дьон хомуска оонньуурун дьүүллүүр диэн наһаа ыарахан дии саныыбын. Наһаа улахан эппиэтинэс сүгэҕин. Бу оҕо сайдыытыгар, биитэр күүскэ үлэлииригэр, биитэр сыыһа оонньуурун барытын учуоттуохтааххын. Уонна бэйэм ийэ да быһыытынан барыларыгар ыалдьабын. Ол гынан баран күрэх аата күрэх. Барытын ымпыктаан-чымпыктаан, көрөн-истэн кырдьыгынан дьүүллүүбүн”.

Хомус эмтиир, ыраастыыр күүстээх дииллэр. Ону эн туһанаҕын?

“Чахчытын оннук. Былыр биһиги эмчиттэрбит хомуһунан дьүһүйэн туран дьоннору, дьиэни-уоту, туттубут малы-салы ыраастыыллара. Билиҥҥи балысхан кэмҥэ хомус ыраастыырын, эмтиирин эмиэ итэҕэйэн ыраастаналлар. Тус бэйэм хомус ыраастыырын, арчылыырын бэйэм эппинэн-хааммынан билбитим. 2019 с. бэйэм олохпор буолбут түбэлтэ кэнниттэн хомус сүдү күүһэр эрэнэбин”.

Үһүс айар киэһэн кыл мүччү хамсык кэмигэр 2020 с. буолбута. Кыра баҕайы бириэмэ бэлэмнэнээт да. Кэнсиэр наһаа табыллан ааспыта. Өр баҕайы үлэлээбэккэ олорон баран кыра кэмҥэ сценаҕа тахсыбыккар төһө долгуйбуккунуй, кэтэһиилээх көрөөччүлэргин төһө ахтыбыккыный?

“Ити кэмҥэ мин түөрт ыйдаах ыарахан этим. Инньэ гынан тус бэйэбэр наһаа ыарахан этэ. Икки кэнсиэри нэһиилэ тулуйбутум. Ол гынан баран кимиэхэҕэ да эппэтэх буоламмын ким да билбэт буолан барыта этэҥҥэ ааспыта”.

Василена, эн ийэҕинээн “Алыптаах Хомус” оҕо кинигэтин суруйан, сүрэхтээн таһаардыгыт. Ити кинигэ матыыбынан тыйаатырга оҕо испэктээгэ турда. Эн сүрүн оруолу толордуҥ. Бу үлэҥ туһунан сэһэргээ эрэ.

“Ити мин эмиэ биир улахан үлэм түмүгэ буолар. Эппитими курдук драматическай актриса буолуох баҕам кэйиэлээбитэ буолуо. Ийэбинээн Кустукчаана кыыс оҕо туһунан суруйбуппут. Кини хорсун уонна бэйэтин сааһыгар улахан киһи курдук оттомноох. Бүрүүкээн кэлбит улахан ыарыыны айыылар көмөлөрүнэн күөн көрсөн,  кыйдаабытын, кыайбытын туһунан сэһэргиир испэктээк. Испэктээк режиссера Розалия Тартакинова. Муусукатын дирижер Анюта Иванова хомуйбута. Кини өссө видеоконтент бэйэтин көрүүтүнэн оҥорбута. Премьераҕа “Дьол” бөлөх доҕуһуоллаабыта, “Бриллианты Якутии” үҥкүү бөлөҕө үҥкүүлэринэн киэргэппитэ. Туох баар кыттыгастаах биир идэлээхтэрбэр махталбын биллэрэбин”.

Онлайн маастар-кылаас хомуска ыытаҕын дуо?

“Онлайн маастар-кылаастары ыытабын. Тайлаҥҥа, Нидердаҥҥа олорор дьоннору үөрэппитим. Уопсайынан билигин интернет ситимэ түргэн, инньэ гынан кыах элбэх, төһө да километр буоллун, туох да хааччахтаабат. Куйаар нүҥүө дьарыктыыр туох да уратыта суох. Ол гынан баран бириэмэ арааһа сороҕор табыгаһа суох буолуон сөп, ол эрэ хааччахтыан сөп”.

Ханнык маастардар хомустарыгар оонньуугун?

“Хомус маастардарым элбэхтэр.  Хайаларын да чопчулаабаппын. Кинилэр хомустарыгара миэхэҕэ бука бары күндүлэр”.

Хас хомустааххыный?

“Сүүрбэччэ хомустаахпын”.

Импровизатор-хомусчуттартан кими бэлиэтиигин?

“Онтон биһиги хомусчуттар наһаа оннук элбэх ыһылла сылдьар буолбатахпыт. Хас биирдии хомусчут бэйэтэ стиллээх, манералаах, үөлээннээхтэрбин барыларын сыаналыыбын уонна бэйэбит испитигэр да оннук араарааһын игин суох”.

Василена, биир эмэ баҕа санаан туһунан сэгэтэн үллэһин эрэ…

“Билигин  баҕа санаам диэн, аныгы саас улахан сценаҕа сольнай кэнсиэрбин оҥоруохпун баҕарабын”.

Василена Ивановна, быыс буолан интервью биэрбиккэр барҕа махтал буолуохтун. Өрүү маннык айа-тута, сайда-үүнэ  тур диэн алгыспын аныыбын. Баҕарабын күн сиригэр баар бары кэрэни, үгүөнү, тус олоххор дьолу-саргыны, баҕа санаан туолуохтун – улахан кэнсиэрин табылыннын! Уонна күндү Дьокуускай куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын сэтинньи 15 күнүгэр киэһэ 17:00 чаастан Юрий Платонов аатынан Эстрада тыйаатырын Камернай саалатыгар Василена Шарина-Улан ыытар маастар-кылаастаах кэнсиэркэ күүтэбит!

Вера Черноградская, тыйаатыр литэрэтиирэҕэ салаатын сэбиэдиссэйэ