Олоҥхо күнүнэн!
Олоҥхо күнүнэн! Олоҥхо – саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын муҥутуур чыпчаала, үйэттэн үйэ, көлүөнэттэн көлүөнэ тухары бэриллэн испит дириҥ ис хоһоонноох баайа. 2006 с. ЮНЕСКО Олоҥхону аан дойду култууратын шедевринэн билинэн үйэтитэри, харыстыыры, киэҥ эйгэҕэ таһаарары ирдиир. Маны ситиспит бэрэсидьиэн В.А. Штыров уурааҕынан сэтинньи 25 күнэ Олоҥхо күнүнэн биллэриллибитэ.
Үҥкүү тыйаатыр бастакы уус-уран салайааччыта Геннадий Семёнович Баишев сүдү улахан “Бэрт Хара” диэн уопсай ааттаах трилогия олоҥхо испэктээк туруорбута. Бастакы чааһа – “Айыы аймаҕа” – муусука ааптара Николай Петров (2004), иккис чааһа – “Үөдэн түгэҕэ” – хампаһыытар Полина Иванова (2006), үһүс чааһа – “Үөһээ дойду дохсуннара” – хампаһыытар Владимир Ксенофонтов (2009).
2015 с. Сергей Зверев-Кыыл Уола төрөөбүтэ 120 сылыгар Санкт-Петербург хампаһыытара Игорь Воробьёв, хореограф Юрий Фёдоров, худуоһунньук Олег Молчанов, режиссёр Александр Титигиров Кыыл Уола “Кулан кугас аттаах Куллустай Бэргэн” олоҥхотун матыыбынан “Куллустай Бэргэн” этнобалеты айан туруорбуттара. Бу этнобалет ситиһиилээхтик Дьокуускайга, Москубаҕа, Санкт-Петербурга, Нерюнгрига, Сунтаарга көстүбүтэ.
Ону тэҥэ СӨ норуодунай артыыһа Дмитрий Артемьев кыра оҕолорго анаан “Күн Боотур” олоҥхо-испэктээги куукуланан дьүһүйэн туруоран фольклор салаа артыыстарын кытары уһуйааннарга уонна алын кылаас оҕолоругар оскуолаларга көрдөрөллөр.
Биир улахан кэскиллээх үлэбит “Эрчимэн Бэргэн” олоҥхо. Тыйаатыр Ф.И.Авдеева аатынан Дьокуускайдааҕы оҕо айымньытын дыбарыаһын кытары таһаарбыт олоҥото. Икки норуодунай аркыастыр доҕуһуолунан, идэлээх артыыстар уонна оҕо кэлэктииптэрин кыттыылаахтара бэрт чаҕылхай олоҥхону Оҕо сылыгар анаан көрөөччүлэргэ бэлэх ууннулар.
Сахалар сүдү кылааппыт уонна баайбыт олоҥхобут сайда, эйгэтэ кэҥии турарыгар ситимнээх үлэ өссө да ыытылла туруо диэн баҕа санаалаахпыт.