Сэтинньи 7 күнүгэр Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатыра, Ойуунускай аатынан Саха государственнай литература музейа уонна «Чолбон» сурунаал түмсэннэр саха классик суруйааччыта, поэт, прозаик, драматург Анемподист Иванович Софронов-Алампа төрөөбүтэ 140 сылыгар уонна «Чолбон» сурунаал тэриллибитэ үйэлээх үбүлүөйүгэр анаммыт «Алампа. Чолбон. Поэттар» биир дьоһун, умнуллубат хоһоон-дорҕоон киэһэтин бар дьоҥҥо бэлэх оҥорон утары ууннулар. Бырайыак ааптардара – литература музейын салайааччыта Рустам Каженкин уонна Үҥкүү тыйаатырын оркестрын артыыһа, «Кыл Саха» төрүт дорҕоон ансаамбылын салайааччыта Анна Томская. Дирижер – СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ Анюта Иванова.
Бу бырайыакка култуура, искусство, литература араас салаатыгар үлэлии-хамсыы сылдьар дьон Алампа айбыт айымньыларын ис сүрэхтэрин, дууһаларын ууран туран аахпыттара көрөөччүнү долгутта, сөхтөрдө. Бастакы түһүмэххэ Алампа айан хаалларбыт нэһилиэстибэтиттэн билиһиннэрдилэр, иккискэ — билиҥҥи көлүөнэ поэттар Алампаҕа анаан айбыт хоһооннорун бэйэлэрэ толордулар. Тыыннаах музыка, дорҕоон доҕуһуола хоһоон тылларын күүһүрдэн, киэргэтэн, толорон биэрбитэ күүстээх өйдөбүлү хаалларда. Тэрээһин бэрт сэргэхтик, долгутуулаахтык, иэйиилээхтик буолан ааста.
Бу куту-сүрү уһугуннарар киэһэҕэ кыттыыны ыллылар Александр Карманов, Алексей Борисов, Айыына Кожурова, Александр Емельянов, Захар Никитин, Николай Макаров, Александра Павлова, Мария Турантаева, Сахаайта Мойтохонова, Георгий Белоусов, Вячеслав Хон, Яна Байгожаева, Наталья Михалёва-Сайа, Александра Матвеева-Долгура, Рустам Каженкин, Гаврил Андросов, Гаврил Адамов, Елена Слепцова-Куорсуннаах.
«Хоһоону оркестры кытары ааҕар туспа турук, туспа эйгэ буолар эбит. Улуу убайбыт Алампа аатыгар сүгүрүйэн, кини аатын үйэтитэр-айхаллыыр бэртээхэй тэрээһиҥҥэ кыттар улахан үөрүү, чиэс буолла»
— диэн кыттааччылар бэлиэтээтилэр уонна бырайыак ааптардарыгар Анна Томскаяҕа уонна Рустам Каженкиҥҥа, оркестр артыыстарыгар барҕа махталларын тириэртилэр.

