Сэтинньи 20 күнүгэр Кыыл Уола аатынан үҥкүү тыйаатырын импровизатор хомусчута уонна ырыаһыта Василена Шарина-Улан, кылыһахтаах көмүс куолаһын араастаан оонньотон, хомус тимир тылын сатабыллаахтык тардан, тас тыастан ис чуумпуга тиэрдэр көстүбэт күргэни дорҕоон доҕуһуолунан тутан, өбүгэлэрин сүбэтинэн «Үс кут» диэн ааттаах ураты тыыннаах, бэйэтин тэрээһинин Арчы дьиэтигэр иилээн-саҕалаан ыытта. Көмүлүөк оһох оттуллан, урукку кэми санатан, ураһаҕа тоҕуоруспут дьон Василена истиҥ иэйиитин иһийэн олорон сэргии иһиттилэр.
Саха хомуһун түҥ былыргы үйэлэртэн иҥэриллибит күүһэ, аныгы кэм ылбаҕай ырыатын-тойугун кытта дьүөрэлэһэн, биир күдьүс дорҕоон буолан, киһи ис туругун тупсарар уонна чөлүгэр түһэрэр ураты эйгэтэ түстэннэ.
Василена Ийэ кут, Буор кут, Салгын кут өйдөбүллэрин хас биирдиитигэр тохтоон сиһилии кэпсээбитигэр көрөөччүлэр сааһыланнылар уонна туруктарын бөҕөргөттүлэр. Кинилэр хомус алыптаах дорҕооно уонна ырыа кэрэ матыыба холбоспут дьикти дьүрүлүн көннөрү эрэ истибэтилэр, курдат аһардыбатылар, ис куттарыгар иҥэрэ дьулустулар. Күннээҕи кыһалҕаны умнар, ыгыллыбыттарын ыһыктар, санаа дохсун сүүрүгүн тохтотор, дириҥник өрө тыынан уоскуйар эрчиллиини кэлбит дьон көхтөөхтүк толордулар.
Мустубут дьон өбүгэни кытта ситимниир уонна бэйэни харыстанар, өрө тутар түгэҥҥэ бука бары биир киһи курдук ыллаабыта уонна алгыс тылын Василена кэнниттэн хатылаабыттара бэйэлэригэр күүс-күдэх эптэ, дириҥ тирэх буолла.
Василена тэрээһинин сүрүн сыала-соруга — «бу түргэн тэтимнээх олоххо бытааран, наҕылыйан ыламмыт, турукпут чөл буолар кэрдииһин тэҥнээн биэрэн, ис эйгэбитин сырдыгынан толорон, киһи бэйэтин иһиллэнэригэр дорҕоон уонна ырыа көмөтө күүскэ дьайар», — диэн бэлиэтээтэ.
Онон, Улан бэйэтин быйылгы тэрээһинигэр уһуйааччы буолан саҥалыы көһүннэ, олоҕурбут үгэскэ тирэҕирбит ураты тыыннаах туругун кэнсиэрэ сылаастык, истиҥник, иэйиилээхтик ааспыта дьоһуннаах. Көрөөччүлэр чэпчээтибит, кэҥээтибит, холкутаатыбыт диэн махтанан тарҕастылар.


